Сардаана Осипова. "Хайа, хаһан кэлэҕин?"

Опубликовано: 15 Сентябрь 2026
на канале: Suol Studio
195,733
1k

Семен Данилов тыллара

Күндү көмүс күөрэгэйим
Күүтэн күнүм уhаата.
Хара-хара харахтааҕым,
Хайа хаhан кэлэҕин?

Тэйэн, уhаан хааллаххына
Тэhийбэппин билэҕин.
Миигин үөрдэн хоспор хаhан
Мичилийэн киирэҕин?

Хойут сойон, таптыыр дьолбун,
Кэҕиннэриэ диэйэҕин.
Кэбис, эрэн, кэлэппэппин
Кэрэхсэллээх бэйэҕин.

Ахтар күндү аналлааҕым,
Аралыйа сырдааҥҥын,
Хайгыыр хара харахтааҕым,
Хайа, хаhан кэлэҕин?