П.А. Ойуунускай "Дьулуруйар Ньургун Боотур" олоҥхотуттан Дьылҕа тойон тойуга. Толорор Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтун устудьуона Аммосова Муся.
Көр-бу!!! Көр-бу!!! Көр-бу!!!
Көҕөрөр күөх унаар урсуннаах
Киҥкиниир киэҥ халлаан
Киэбэ-киэлитэ кэдэлдьийэн эрэр,
Ойон тахсар күннээх,
Охтон баранар мастаах
Орто туруу дойду
Үрдүк мындаата,
Үтүө таһаата
Үгдэлийэн эрэр,
Алдьархайдаах аллараа дойду
Алып хара таһаата
Атыйахтаах уу курдук айманан эрэр,
Үс биис ууһун
Үүнэр үтүө кэскилэ
Далай уутун курдук
Дьалкыллан эрэр…
Хол дойдуттан
Холоонноохтор холостохторо буолуо,
Тэгэл дойдуттан
Тэҥнээхтэр тиксистэхтэрэ буолуо, -
Бу икки буор туруу дойдуга
Буулаҕаларын булларбатах
Бухатыыр дьоннору
Биитэр эйэнэн икки аҥыы араартыахха,
Биитэр өһөгөйдөөх Өлүү Чөркөчүөх төрдүгэр араарыахха,
Уоттаах дойду
Улуу уhуга диэн
Бу буоллаҕа,
Дьэ онон онно атаара охсуҥ!